«КЫАЙЫЫ ЗНАМЯТЫН» КӨРСҮҮ
- 06/02/2025
- 71
- нет

Олунньу 6 күнүгэр 1941-45 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө «Бары бииргэ Кыайыыга» диэн девизтээх «Кыайыы кыһыл Знамята» бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи эстафета Таастаах нэһилиэгэр кэлэн барда. Знамяны «Нам улууһа» МТ баһылыгын солбуйааччы Филипп Васильевич Николаев «Таастаах нэһилиэгэ» МТ баһылыгар Сергей Иванович Аргуновка туттарда.
Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ олохтоох дьаһалта, оскуола, детсад, библиотека коллективтара, нэһилиэк общественниктара күргүөмүнэн кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Оскуола оҕолорун оҥоһуктара уонна олохтоох библиотека быыстапката көрдөрүүгэ туруоруллан дьон сэҥээриитин ылла.
«Кыайыы кыһыл Знамята» салгыы Салбан нэһилиэгэр айаннаата.
